Үгүс хаар үллүктээн ааспытын саната,
Үрүҥ ас чанчыкпар үксүүрүн саҕана,
Өбүгэм үөскээбит сириттэн-буоруттан
Үтүлүк саҕа сир өлүүтэ суохпуттан,
Үгүһү-элбэҕи саҥарбат бэйэм мин
Өрөөбүт уостарбын өһүлэн эрэбин.
Уонунан уордаах сыл тымныыта-итиитэ
Уҥуохпар, сүһүөхпэр охсоро кэлиитэ,
Удьуорум ууһаабыт сириттэн-уотуттан
Уллуҥах саҕа сир анала суохпуттан,
Хос тыла суох бэйэм хомойон хаалан мин
Хоннорбут уостарбын хоҥнорон эрэбин.
Оо, кэрэ сайына биһиги дойдубут!
Ойуурга, хочоҕо даачалаах хойдубут.
Уйгуну-быйаҥы оҥорор үчүгэй,
Сыралаах үлэттэн сынньанар үчүгэй.
Ол эрэн баар ону ыралаан да көрбөт,
Ол дьоҥҥо саас кэлбэт, сайын да көҕөрбөт.
Оһуордаах сайыны мин эмиэ таптыыбын,
Оннооҕор таас дьиэҕэ олорон саныыбын.
Ыраах баар мин дойдум ыһыаҕын ыстаҕа,
Ырыаһыт оттон бу хаайтаран сыттаҕым.
«УАЗ-таах» доҕорбор олорсон барабын,
Уһун суол бурҕаҥнас буоругар саһабын.
Эдьиийим эрэйдээх иҥнэйбит дьиэтигэр
Элбэх дьон мунньустар мин кэлбит киэһэбэр.
Атастар-доҕоттор, уруулар-аймахтар
Арааһа хоһоону, мин курдук, айбаттар,
Ол эрэн миигиттэн уон төгүл ордуктар,
Тыллара-өстөрө тыыннаахтыы кутуллар.
Тыа дьонун майгыта сытыары-сымнаҕас,
Сирэйэ-хараҕа эйэҕэс-сайаҕас.
Айманыы, тыҥааһын эмтэрэ бэрт чугас,
Ааҥҥын ас даҕаны Аан дойду аһаҕас.
Күөх тыаҕа, толооҥҥо күүлэйдии барыахха,
Көҥүллүк, дириҥник, күүстээхтик тыыныахха.
Оттон мин манна да олорор кыаҕым суох,
Отуу, да, үүтээн да туруорар сирим суох.
Туттума диэхтэрэ, тугу да бас-баттах,
Доҕоччуок, бу аны уопсай сир буолбатах,
Билигин барыта биһиэнэ, диэхтэрэ,
Мин урут билэттиир дьоннорум сиэттэрэ.
Өлүөхпэр диэри мин өйдүө суох курдукпун,
Туох үйэ үүммүтүн, дьон хайдах буолбутун.
Мин хантан билиэмий, эдэр дьон сүрэҕэр
Ханнык хаан оонньуурун харчы-үп күрэҕэр.
Кыаммаппын бу тууйбут кыһыыбын-абабын,
Кырабар курдук мин ийэбэр барабын.
Аарыма тииттэргэ чыычаахтар ыллыыллар,
Аргыыйдык суугунуу лабаалар хамсыыллар.
Биир сылгы чыычааҕа эттэ дуу… санаабар:
«Бэрт миэстэ баар ийэҥ уҥуоҕун аттыгар.
Өбүгэҥ сириттэн өлүүҥ ол буолуохтун,
Үйэҕэр баҕарбыт баҕаҥ дьэ туолуохтун!»