Ый кыыhа ыйга эрэ баар.
Бу олус ыар тыыннаах үһүйээн.
Оттон сиргэ сүр үчүгэйкээн
Көрдөөх-нардаах күн кыыһа баар.
Кун кыыhа уонна сир уола
Олоҕу түстүүллэр холбоһон.
Күн кыыhа аны куотан дьонтон
Көппөтүн ыйга, кыыс буола.
Ол эн, эн көһүннүҥ бөлүүн,
Ханнык эрэ дьикти сырдыктан
Хаһан эрэ биир түүн уһуктан,
Мин көрбүт умнубат көстүүм!
Муоста5а түөрт муннук буолан
Түннүгүм ойуута сытара —
Оо, ыйым бу киирэн турара,
Быыкаа муус түннүкпэр туолан.
Кини миэхэ мичээрдиирэ,
Сырдыгынан сыдьаайа бүттүүн,
Араас баар буолааччы маннык түүн
Айманыма олус диирэ.
Оо, ыйым, ыйдаҥа түүнүм,
Кэрэ да этигит оччоҕо!
Бүгүн, ол кырдьыбыт оҕоҕо,
Эһиги – арай, мин түүлүм.
Онно оргуһуохтаах кыыһы
Үөр гыммыттар ууга өлбүтүн.
Мин манна харааста көрөбүн
Мэлдьитин хара кырыыһы.
Акыйаан, муора, күөл уутун
Ыытар, тардар ый талбытынан,
Кини ылбыт бу кыыһы талан,
Көрө сылдьыҥ диэн куруутун.
Сир дьонун сиэрин-майгытын
Сэмэлиир курдук бу хартыына,
Онон эһиги өрө тыына
Одуулуур буолуҥ ыйгытын.
Мин олох кэлин билбитим
Оргуһуохтаах кыыс ыар дьылҕатын,
Хайдах олоҕун былдьаппытын –
Харыстаан кэрэ бэйэтин.
Онтон ыла хараҥа түүн
Мин сырдык санааны саныыбын,
Кэрэни харыстыы сатыыбын,
Ол кыыстыы бэринэн бүттүүн.