ЫЧЧАТ КУОЛАҺА

«Биһиги араадьыйабытын
Биһирээн истээччилэргэ
Күнүс-түүн, көрдөөх чаас аайытын
Көҥүл ыччаттан эҕэрдэ!

Эһиги истэн олороҕут
Эдэр ыччат саҥатын.
Билигин, күндү доҕотторбут,
Биэрэбит саҥа ырыаны».

Туох эрэ имнэммитин курдук,
Ити мин кэлэн тохтоотум,
Аан хоско саҥарбакка турбут
Араадьыйабын холбоотум.

Кини өр ыллаата, саҥарда,
Онтон наҕыл куолаһынан
Арай эмискэ ааҕан барда:
«Саха омук буоларбынан».

Ол ааҕыы дьайыыта буолуохтаах,
Мин харахпар бу көстөн кэллэ
Элбэх киһи эмиэ лозуннаах
Эрэллээхтик хаамсан иһэрэ.

Бу маннык дьон-сэргэ түмүллэн
Модун куолаһа иһиллэр,
Бүтүн Саха сирин үрдүнэн
Бүгүн биир санаа этиллэр.

Төрөөбүт сирбит баайа-дуола
Төлкөбүт түһэ буолуохтаах,
Аан дойду билинэр сокуона
Ааранан кэһиллиэ суохтаах.

Ону ким эрэ баҕар биирдэ
Былдьаары тииһэн туруоҕа,
Оччоҕуна аны биһиэхэ
Охсуһан иирии буолуоҕа.

Оттон биһиги өс-саас суолун
Олох тутуһуо суохтаахпыт,
Үтүөттэн кыайыылаах күүс суоҕун
Өйдөтө сатыах тустаахпыт.

Айылҕабыт баайыттан ылан,
Атастаар, туһаныҥ диэхпит.
Улахан наада буоллаҕына,
Олох да туран биэриэхпит.

Аан дойду барыта билиннин
Биһиги атын баайбытын,
Төһө да аҕыйахпыт иһин
Саха омук буоларбытын.

Ыччаппыт куолаһа итинник,
Ыччаппыт санаата сырдык.
Хаамсыаҕыҥ арыый да эрчимник —
Хайаан да кыайыаҕа кырдьык!

2005 с.

Перейти к содержимому