Көҕөччөр энньэ биэм
Көлөттөн сытар диэн,
Айманар саҥаны
Мин истэр курдукпун
Күн бүгүн даҕаны.
Мин да син өндөһүм,
Эриэн кыл көнтөһү
Көхөттөн сүөрбүтүм
Дьоннорум кэнниттэн
Көмөҕө сүүрбүтүм.
Күөл саамай атаҕар,
Күөх оттоох аҥхайга,
Күн айыы сылгыта,
Көхсүгэр тиэйбэхтии,
Көлөттөн сытара.
Кинини барбах да
Хостоһо барбакка,
Аҕам ат дулҕаны
Мас кэрдэр сүгэнэн
Биэртэлээн барбыта.
Өр-өтөр буолбата,
Yc дулҕа суох буолта.
Итини көрөөт да,
Ийэм дьэ оргууйдук
Энньэтин ыҥырда.
Күөһэлис гынна да,
Көҕөччөр биэ турда,
Көхсүттэн, сиэлиттэн
Дьэҥкир уу ардаҕын
Дьигийэн кэбистэ.
Көһүйэн хааллаҕа:
Көнтөрүк хаамара…
Тыыллаҥнаан ылбыта,
Тыбыыра-тыбыыра,
Тыа диэки барбыта…
Дьоннорум дьэ өйдөөн
Көнтөспүн көрдүлэр:
Өлүүнү-сүтүүнү
Оҕобут өрүүтүн
Өйдүүһүк дэстилэр.