ЭРДЭ ТУРУҤ

Истиҥ дуу, оҕолорум,
Эһиэхэ этэрбин:
Сарсыарда эрдэ туруҥ,
Саас эчи кэрэтин!

Күн тахсан, күлэ-сала
Күүппүтэ ырааппыт,
Күөх халлаан көмүс тыла
Күөрэгэй ыллаабыт.

Көй салгын чэгиэн-чэбдик
Көҥүллүк тыынарга,
Чэй эрэ, чэпчэкитик
Тэбиниҥ тыаларга!

Сааскы сир илгэ сыта
Сабыта биэриэҕэ,
Айылҕа айыы кута
Эһиэхэ киириэҕэ.

Саҥа күн үөрэн көрсүө
Үрэххэ, алааска,
Санааҕыт көҥүл көтүө
Үрдүккэ, ырааска.

Эһиги, оҕолорум,
Истиҥ дуу этэрбин:
Сарсыарда эрдэ турун
Саас эчи кэрэтин!

Перейти к содержимому