Суруйааччыны кытары көрсүһүү хаһан баҕарар ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттыы хаалар кэрэ түгэн буолар. « Среда чтения – Ааҕыы эйгэтэ» диэн литературнай көстүүнэй сахалыы тылынан уус-уран литератураны таптааччыларга аһаҕас былаһаакканан буолар.
Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт саха норуотун суруйааччыта, прозаик, поэт, литературнай кириитик, кыраайы үөрэтээччи, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 2008 сылтан Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Павел Николаевич Харитонов – Ойуку.
Кэпсэтиини саҕалыах иннинэ үгэс быһыытынан ылдьыппытыттан саханы саха дэтэр, тумус туттар суруйааччыларбыт үйэлээх айымньыларын: Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары”, Далан “Тыгын Дархан”, Николай Лугинов “Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан” тустарынан кылгас тус санаатын (отзыв) этэригэр көрдөстүбүт.
Ойуку “Олох модьоҕото” автобиографическай трилогия сэһэнэ 2014 с. кинигэ буолан тахсыбыта. Сэһэни кытары дьүөрэ тутан ааптар оҕо сааһын кэмнэрин туһунан билистибит. “Олоҕу олорорго бэйэн күннэтэ үөрэн…” диэн муударай этиини тутуһан, кэскиллээх санааттан мэлдьи билиигэ көрүүгэ тардыһан, поэзияттан саҕалаан бөдөҥ историческай ромаҥҥа тиийэ суруйан ааҕааччы биһирэбилин ылбыта.
“Хоболоох суол” романыгар Россия хорук тымыра буолбут дьаамсыктар суолларын тула биир дьылҕаланан үлэлээн-хамнаан олорбут икки норуот уустук олоҕун ойуулаан уус-ураннаан суруйбута. Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата ааты ылары ситиспитэ.
Ойуку айар үлэтигэр хоһоон ураты миэстэни ылар. Төрөөбүт дойдуга, дьонугар-сэргэтигэр истиҥ-таптал иэйиилээх, кырачааннарга аналлаах хоһоонноругар мелодистар ырыа айан көтүппүттэрэ. “Эйэ–дьол иһин” оҕолорго анаммыт хоһооҥҥо Егор Неустроев – Тулуйхан матыып суруйан бэртээхэй ырыа тахсыбыта. Ону тэҥэ «Тапталлаах куоратым” Сайсары –Куо толоруутугар киһини эрэ барытын долгутар. Бу күн суруйааччы ырыа буолбут хоһооннорун истэн, айар үлэтин тула кэпсэтэн, кыраайы үөрэтиигэ ааптар бэйэтин тус көрүүлэрин ааҕааччыны кытары үллэстэн, ирэ-хоро кэпсэппититтэн сылдьыбыт эрэ барыта астынна.
Күндү ыалдьыппытыгар, ытык киһибитигэр барҕа махталбытын биллэрэбит, айар-дьайар дьоҕурун кэхтэр диэни билбэтин, чэгиэн доруобуйаны, дьолу баҕарабыт!
Ульяна Чичигинарова