«Таптал матыыптара» ырыа дьоро киэһэтэ

Ырыа киһи сүргэтин көтөҕөр, санаатын кынаттыыр, мөлтөҕү күүһүрдэр, күүс эбэр дьикти айылгылаах. Көрбөттөр уопсастыбаларыгар музыка абылаҥар куустарбыт, ырыа кэрэ эйгэтигэр ылларбыт дьон элбэхтэрин үгүс киһи бэлиэтиир.
Олунньу 10 күнүгэр, Аан дойдуга тапталлаахтар күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, Дьокуускай куорат көрбөттөр уопсастыбаларын уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин көҕүлээһиннэринэн, уопсастыба культурнай киинигэр «Таптал матыыптара» ырыа дьоро киэһэтэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Чахчы даҕаны, тапталы туойбатаах поэт, ырыа айааччы суоҕун тэҥэ… Сирдээҕи таптал кистэлэҥ иэйиилээх, тапталтан үөскээбит чараас куттаах ырыалары киһи эрэ иэйэн ыллыыр.

Ырыа киэһэтэ, дьон биһирээн көрөр «Икки сулус» телешоуга ханыылыы, дуэтынан ырыаны толорууга куоҥкурус быһыылаах ыытылынна. Куоҥкуруска 11 дуэт кыттыыны ылла: уопсастыба тутаах үлэһиттэрэ көхтөөх чилиэттэрин кытары, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ ааҕааччыларын кытары пааранан ыллаатылар. Кыттааччылар ырыаҕа сөптөөх уобарас талан, ураты туруоруу (постановка) толкуйдаан күүстээх бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Үрдүк сыанаттан кутуллар бииртэн биир ырыа уратытык, сэргэхтик иһилиннэ.

Сонун тэрээһини көрө-истэ сааланы толору дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, хас биирдии кыттааччыга дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Сөбүлээбит дуэттарыгар куоластаан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал аат хаһаайыттарын быһаардылар. Күрэх буолан баран ким эрэ кыайыылаах буолар. Ол курдук ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа тутаах үлэһитэ Галина Кычкина уонна эдэр талааннаах Кыыдаан Моисеев («Билиниэм этэ» Далаана тыл. уонна матыыба) ырыаны толорон куоластааһын түмүгүнэн «Көрөөччү биһирэбилэ» анал ааты ыллылар. Куоҥкурус кыттыылаахтарын куоластааһынынан Жатайдааҕы техникум устудьуона Евгения Неустроева уонна бибилэтиэкэ эдэр кэскиллээх үлэһитэ Гаврил Максимов («Бэлэхтээ» Айыы Уола тыл. уонна матыыба) бастыҥ дуэт аатын ыллылар.

Маннык тэрээһиҥҥэ кыттыы хас биирдии киһиэхэ ураты тыыны, сонун арыйыылары, истиҥ иэйиини саҕар. Бастакы сыанаҕа тахсыы да улахан ситиһии, кыайыы буолар. Онон хас биирдии кыттааччыга истиҥник махтанабыт уонна бу тэрээһин олоххут биир умнуллубат кэрэ түгэнэ, чаҕылхай сулуһа буолан, ситиһиилээх буолууга сирдээтин диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит.

Ульяна Чичигинарова

Оставить комментарий

Перейти к содержимому