Кылаас чааһа «Мин көрөбүн сүрэхпинэн…»

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Бүлүүтээҕи Чернышевскай аатынан педагогическай училище – колледж 100 сыллааҕы үбүлүөйүн бэлиэтиир араас хабааннаах үөрүүлээх тэрээһин буола турар. Ол курдук олунньу 15 күнүгэр  куорат национальнай гимназиятыгар «Учуутал алыптаах идэтэ, үйэттэн үйэҕэ уруйдан!» диэн ааттаах аһаҕас уруок, мастер-кылаас буолла.

Бу тэрээһин чэрчитинэн колледж уһуйааччылара Анна Бойкова, Елизавета Прокопьева көҕүлээн учуутал, бэйиэт Иван Николаевич Егоров – Иван Горнай олоҕун, үлэтин, айымньыларын кэпсиир «Мин көрөбүн сүрэхпинэн…» диэн кылаас чааһын 10 «б» кылааһын үөрэнээччилэригэр (салайааччы – М.Д. Капрынова) тэрийэн ыыттылар.

Тэрээһин олус интэриэһинэй буолан ааста. Көмө-тирэх буолбут дьоҥҥо, чуолаан, Иван Горнай уолугар Родион Иванович Егоровка, Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларын үлэһиттэригэр Анна Николаевна уонна Елизавета Александровна махталларын тириэрдэллэр.

Кылаас чааһын туһунан үөрэнээччилэр санааларын аахтахха маннык:

«Это один из трогательнейших уроков в моей жизни. Благодарна педагогам из Вилюйского колледжа, что они провели его у нас в школе и мы сегодня открыли Ивана Горного», «Олус үөрдүм бу кылаас чааһыгар сылдьыбыппыттан. Элбэх саҥаны  иһиттим уонна биллим», «Иван Горнай – Саха сирин биир чулуу киһитэ уонна  киэҥ туттуута диэн санааланным», «Иван Горнай – ыраас дууһалаах, чиэһинэй майгылаах киһи эбит. Саха норуотугар олус бэриниилээх».

Оставить комментарий

Перейти к содержимому