Култуура уонна национальнай үгэстэр ханнык багарар норуокка көлүөнэлэри ситимниир дьоһуннаах суолталаахтар. Бу үтүө үгэстэри харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр туһугар үлэлии – хамсыы сылдьар, тумус туттар дьоммут биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэхтэр. Кинилэр сүрэхтэрин сылааһын биэрэн, ис дууһаларыттан кыһаллан үлэлииллэрэ Сахабыт сирин инникитин түстүүр, Аан дойдуга саха норуотун духуобунай ис баайын киэн тутта кэпсиир. Бүгүн, о.э. кулун тутар 24 күнүгэр, биһиги библиотекабытыгар саха норуотун култуурунай нэһилиэстибэтэ сүппэтин, барҕара эрэ турарын туһугар тахсыылаахтык уонна бэриниилээхтик үлэлии, айа-тута сылдьар, “Көмүлүөк” хампаанньа салайааччыта Ольга Григорьева ыалдьыттаата.