Биһиги ааҕааччыларбыт дэгиттэр талааннаах дьон буолаллар. Биир оннук киһибитинэн буолар ытык кырдьаҕаспыт, бэриниилээх ааҕааччыбыт Бранцузка Романовна Тимофеева. Кини 1936 с. Амма оройуонун Омоллоон нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа сэрии ыар сылларгыар ааһан, үлэ диэн тугун кыра сааһыттан билэн уллаппыта.
Ааспыт сылга Бранцузка Романовна оҕо сааһын, ахтылҕанын туһунан сурукка тиһэн, үйэлээн умнуллубат өйдөбүнньүк оҥорон «Ахтылҕан» диэн хоһооннорун уонна ахтыытын хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу кинигэни Абаҕа нэһилиэгин сүрүн бибилэтиэкэрэ Клара Афанасьевна Карманова Бранцузка Романовна аатыттан итии-истиҥ тыллардаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэригэр бэлэх уунна. Бу кинигэ ытык кырдьаҕас оҕолоругар, дьонугар-сэргэтигэр өйдөбүнньүк буолара саарбаҕа суох.
Бранцузка Романовнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит! Кытаанах доруобуйаны, уһун үйэни уонна айар-тутар дьоҕуруҥ иэйиинэн кынаттанан өссө таһаарыылаах буоллун!