“ДОХУОТТААХ” спектакль тифлотылбаастаах турда

Дьокуускай куоракка сылтан сыл искусство араас көрүҥэ харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьоҥҥо тоҕоостоох буолан иһэр. Онуоха чахчы – Үүнэр көлүөнэ тыйаатыр туруоруулара.

Ахсынньы 7 күнүгэр тыйаатыр сыанатыгар Александр Островскай «Дохуоттаах миэстэ» пьесатыгар олоҕуран Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ, режиссер Александр Титигиров туруоруутугар «Дохуоттаах» спектакль тифлотылбаастаах турда. Бу спектакль сахалыы тылынан тифлотылбаастаах туруоруулартан иккис буолар (бастакы туруоруу – П. Ойуунускай аатынан САТ, 2022 с.).

Артыыстар чаҕылхай оонньуулара, сыана декорцията – биир ураты эйгэни үөскэтэллэр. Маны барытын харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьоҥҥо хайдах тиэрдиэххэ сөбүй? Тифлотылбаас ньыматын көмөтүнэн. Спектакль саҕаланыах иннинэ көрөөччүлэргэ наушниктаах анал тэрил туттарыллар, бу нөҥүө саҥата суох сыаналарга туох буола турарын, герой дьүһүнүн-бодотун, таҥаһын-сабын туһунан толору информация ылаллар. Ол курдук харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах дьон спектакль үөрэтэр-такайар идеятын өйдөтүлэр, ураты эйгэтин, тыынын толору иҥэриннилэр.

Оставить комментарий

Перейти к содержимому