Ааспыт өрөбүлгэ өрөспүүбүлүкэбитигэр Аҕа күнэ буолан ааспыт буоллаҕына, быйыл, муус устар 14 күнүгэр, Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр. Санатар буоллахха, бу күн 2017 с. олунньу 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан олохтоммута. Бу бэлиэ күн уол оҕону иитии улахан суолталааҕын көрдөрөр, дьиэ кэргэн төрүт үгэһин сайыннарар, тарҕатар аналлаах.
Бу күнү көрсө, муус устар 11 күнүгэр, Иван Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэлэригэр үлэлиир «Интириэһинэй көрсүһүүлэр» кулуупка Дугуйдан Винокуров ыалдьыттаата.
Саха эр киһитин уонна кини доҕоро саха сылыгытын тостубат тулуурун, дьулуурун, кыаҕын аар-саарга ааттаппыт удьуор сылгыһыт, экстремал-айанньыты көрсөөрү сааланы толору ааҕааччылар муһуннулар.
Ыҥырыылаах ыалдьыппыт иитиллибит, улааппыт эйгэтиттэн саҕалаан эр киһи уйанын-хатанын тургутар сылаалаах, сылбалаах айаннарын туһунан сиһилии кэпсээтэ. «Айан да араастаах» дииллэринии мүлчүргэннээх түгэннэрин, айан үтүө аргыстарын, саха сылгытын уратытын туһунан үгүс ыйытыыларга хоруйдаата.
«Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах» диэн саха өһүн хоһооно этэринии туруоруммут сыалын ситэн тэйэр, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэр уол оҕо хоһууна буоларын, эдэр киһи диэтэххэ төрөөбүт тылынан, ыраастык саҥарарын, киэҥ билиилээҕин Дугуйдан сэргэх сэһэниттэн астына, хайгыы иһиттибит.
Кыра оҕо сааһыттан олох оскуолатын ааспыт, тулуурдаах, дьулуурдаах чахчы Хоту хоһуун уола эдэр төрөппүттэргэ уол оҕону иитиигэ уонна эдэр ыччакка баҕа санааны, саҕалаабыт дьыаланы ыарахантан чаҕыйбакка олоххо киллэрэллэригэр үтүө холобур буолара саарбаҕа суох.
Ульяна Чичигинарва