Суруйааччыны кытары көрсүһүү хаһан баҕарар ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттыы хаалар кэрэ түгэн буолар.
“Ааҕыы эйгэтэ” балаҕан ыйынааҕы түмсүүтүгэр ыалдьыттаата быыһааччы идэлээх прозаик Валерий Валериевич Андросов.
Валерий Андросов – сахалыы уус-уран ааҕыы эйгэтигэр саҥа аат. Кэпсээнньит быһыытынан литература аанын сэгэтэн, “Байанайдыын көрсүһүү” уонна “Чохороон” диэн быйыл саҥа бэчээккэ тахсыбыт кэпсээннэрин хомуурунньуктара ааҕааччылар уонна ааттаах суоллаах суруйааччылар биһирэбиллэрин ылар.
Көрсүһүүгэ булт-алт үтүө үгэстэрин, айылҕа суруллубатах сокуоннарын, саха дьонун төрүт итэҕэллэрин дьоһуннаах дьоҕус кэпсээннэр ааптардарын мындыр толкуйдарын сэҥээрэ иһиттибит.
Олоҕу, түгэннэри уратытык, сэргэхтик суруйар сиэрдээх кэпсээннэрин, аҕа уонна эдэр көлүөнэ сыһыаннарын ойуулаан көрдөрөр айымньыларын орто саастаах оҕоттон саҕалаан бүттүүн дьиэ кэргэнинэн ааҕарга сүбэлиибит.
Ааптар маҥнайгы “Байанайдыын көрсүһүү” кинигэтэ библиотекабыт саҥаны уонна дорҕоону устар устуудьуйатыгар “саҥарар кинигэ” буолан библиотекабыт фондатыгар номнуо киирэн, сотору кэминэн “Чохороон” саҥа кинигэ тахсыа диэн сахалыы уус-уран ааҕыыны сэҥээччилэргэ иһитиннэрэбит.
Ульяна Чичигинарова