Куоратынан, тыаларынан
Куоттартаабыт ыччаккын
Эмиэ эдэр тыалларынан
Илдьит ыытан ыҥырдыҥ.
Хаарыан кэми бүгүн хаһыс,
Хаһыс төгүл ахтабыт?
Бэрдьигэстээх — биэс уон аҕыс,
Биһи ааспат тапталбыт!
Эдэр сааска иэйии уотун
Ким сурэҕэ билбэтэй?!
Арыт олох атын буолтун
Кэмсинэрбит кэрэгэй.
Хаарыан кэми бүгүн хаһыс,
Хаһыс төгүл ахтабыт?
Бэрдьигэстээх — биэс уон аҕыс,
Биһи ааспат тапталбыт!
Олордубут олохпутун
Үтүө, кэрэ туһа диэн,
Сааһырдахпыт аайы ону
Санаһарбыт кэрэтиэн!
Хаарыан кэми бугун хаһыс,
Хаһыс төгүл ахтабыт?
Бэрдьигэстээх — биэс уон аҕыс,
Биһи ааспат тапталбыт!