Ойуур-толоон ото-маһа
Оһуор күөххэ сууламмыт.
Оонньуур долгун уотун ыһа,
Улуу үрэх ууламмыт.
Сыламныыбыт сылаас куҥҥэ
Сылаабытын таһаара,
Көччүйэбит күөх сирэмҥэ
Көрбүт – нарбыт ыраата.
Көрүҥ эрэ, көрүҥ бары –
Көрдөөх саҥа соруйар.
Көтөр былыт көмүс сабы
Күнтэн сиргэ субуйар.
Күннээх турар уонна ардыыр,
Көстүү киэнэ кэрэтэ!
Халлаан ытыыр, халлаан ыллыыр
Хаарыан кэмэ кэллэҕэ.
Хас биир түгэн уларыйар
Халлаан өҥө-дьүһүнэ.
Туой диэн миэхэ ону ыйар
Доҕор киһим, дьүһүйэ.
Ойуур-толоон ото-маһа
Оһуор күөххэ сууламмыт,
Оонньуур долгун уотун ыһа,
Улуу үрэх ууламмыт.