ААҔААЧЧЫГА

Этэҕин эн кэмчи бириэмэҥ

Эргиллиэн иннинэ бүтэрин,

Ол эрэн, ол эрэн, ол эрэн

Быыс булан олоро түһэҥҥин,

Эн ааҕыый бу дьоҕус хоһоону —

Эйиэхэ анаммыт хоһоону.

Этиллэр, суруллар элбэҕин

Эн өссө онуоха эбиэҕиҥ,

Ол эрэн биһиэхэ сэдэҕи

Билэрдии бэлиэтээн этиэҕи,

Эн ааҕыый бу дьоҕус хоһоону —

Эйиэхэ анаммыт хоһоону.

Бу мантан саҕалаан кэнники,

Биир эмэ бэртээхэй түгэҥҥэ,

Аһыаҕыҥ биир хоһоон кэрэтин,

Онон дьэ олоро түһэҥҥин,

Эн ааҕыый бу дьоҕус хоһоону —

Эйиэхэ анаммыт хоһоону.

Кини эн аргыһыҥ буолуоҕа,

Киэргэтиэ эн элбэх күннэргин,

Олоҕуҥ үөрүүнэн туолуоҕа,

Ол иһин олоро түһэҥҥин,

Эн ааҕыый бу дьоҕус хоһоону —

Эйиэхэ анаммыт хоһоону.