ААСПЫТ СЫЛЛААҔАР

Тыйыһа эйиэхэ ааспыт сыл

Ханнык даданы сыллааҕар,

Ону ол диэбэккэ эн быйыл

Эдэргин ааспыт сыллааҕар.

 

Эйиэхэ эйэҕэс, истинҥ тыл

Элбэх өссө да сылааһа,

Ол онно иттэҥҥҥин эн быйыл

Эдэргин ааспыт сыллааҕар.

 

Кэмсинэр, суланар кэмэлдьи

Кэлин да кэлэр сааһыгар,

Ону ол диэбэккэ эн мэлдьи

Эдэр буол ааспыт сыллааҕар!