АЙАН СУОЛА

Айыы сирэ аһаҕас диэн

Алгыспыт аан тыла этиллэр,

Манна күн сирэ көҥдөй диэн

Баҕабыт баай тыла эбиллэр.

 

Айан суола, айан суола

Абылыы иннигэр тыргыллар.

Айан суола, айан суола

Алгыһы кытары арыллар.

 

Ол эрээри арыт кини

Оһоллоох-моһоллоох буолуоҕа,

Улуу сыаллаах эрэ киһи

Ол ону этэҥҥэ туоруоҕа.

 

Оо, эн, уол оҕо бастыҥа,

Киһи киилэ, эр бэрдэ,

Очурга оҕустарыма,

Тэхтиргэ тэптэримэ!

 

Айан суола хаһан эрэ

Көстөрө арай эн ыраҕар,

Оттон бүгүн онтуҥ илэ

Умайар сулустуу ыҥырар.

 

Айан суола, айан суола

Абылыы иннигэр тыргыллар.

Айан суола, айан суола

Алгыһы кытары арыллар.

 

Эн аан дойдуну эргийэ

Айанныаҕыҥ араас суолунан,

Онно эйигин Сир Ийэ

Көрсүөҕэ силлиэнэн-буурҕанан.

 

Оо, эн, уол оҕо бастыҥа,

Киһи киилэ, эр бэрдэ,

Очурга оҕустарыма,

Тэхтиргэ тэптэримэ!