АЙАННЬЫТ

Арыылааҕы, Күһүччэни

Ааттаан-суоллаан иһэбин,

Ааһар күөлү, көлүччэни

Ааҕа манна билэбин.

 

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Кэлэр-барар айаны

Сүрэх эрэ, сүрэх эрэ

Өйдүү сыддьар дуу аны.

 

Көмүс уоттаах саһарҕалар

Күлүм гынаат сүтэллэр,

Күөллэр чуумпу ууларыгар

Күөх туманнар түһэллэр

 

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Барар-кэлэр айаны

Сүрэх эрэ, сүрэх эрэ

Өйдүү сылдьар дуу аны

 

Кулуһуннар умайаллар

Кууһуох курдук халлааны,

Кулуһуннар уматаллар

Куруук үтүө санааны.

 

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Кэлэр-барар айаны

Сүрэх эрэ, сүрэх эрэ

Өйдүү сылдьар дуу аны.

        

Көр, мин эмиэ айанньыппын

Кордоох, эдэр ырыаттан

Көтүтэбин аллаах аппын,

Күүтүҥ миигии ыраахтан

 

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Кэлэр-барар айаиы

Сүрэх эрэ, сүрэх эрэ

Өйдүү сылдьар дуу аны.