АЙЫЛҔА БЭЛЭҔЭ

Ойуулаах кинигэ диэн баар дуо,

Уон төгүл, сүүс төгүл да ордуо

Уһуктар айылҕа бэлэҕэ:

Уйгулаах сайыммыт симэҕэ.

 

Дьэрэкээн сиидэстии тэлгэнэр

Дьиктилээх сир-дойду иннигэр,

Дьиэлэри үрдүнэн саһарҕа

Дьэргэйэр кытара-наҕара.

 

Оһуору, симэҕи үрдүнэн

Оргууйдук чөм-чөмнүк үктэнэн,

Улам эн дьиэлэртэн тэйэҕин,

Ойуурга, үрэххэ тиийэҕин.

 

Өрөгөй музыка диэн баар дуо,

Үс төгүл, уон төгүл да ордуо

Үөттэргэ, тииттэргэ эгэлгэ

Үөр чыычаах саҥата-иҥэтэ.

 

Ол ырыа тылларын билбэккин,

Ол эрэн ылларан истэҕин,

Ол курдук эккинэн-хааҥҥынан

Ол сирдиин силлиһэн хаалаҕын.

 

Эн бэйэҥ — айылҕа бэлэҕэ,

Эн бэйэҥ — аан дойду симэҕэ

Иһиллии, одуулуу тулаҕын

Итинник иһийэн тураҕын.