АЛДЬАРХАЙ

Арарат кэтэҕэр саста дуу күнүм,

Севан түгэҕэр түстэ дуу ыйым?

Ханнаный, ханнаный халлааҥҥа күлүм?

Ким эрэ миэхэ кинини ыйыҥ.

 

Дууһабар xapaҥa, тулабар – барык,

Арай сүрэҕим түөспэр айманар…

Оо, ханна бардылар мин дьонум бары,

Туохтан ытыыллар тула хайалар…

 

Сарсыарда эта. Caҥa күн үүнэрэ.

Дьигис гыммыта дьиэбит эмискэ.

Туох буолла – этиҥ! Мин өйбөр түүн эрэ..

Туох дьиэбин бу суулларан кэбистэ?..

 

Итинник ол ыардык ынчыктыыр сиргэ

Тулаайах дууһа тууйулла ытыыр.

Ол онтон аан дойду дьонун сүрэҕэ

Армения сирин курдук хамсыыр.

 

Аһыныгас санаалаах айыы дьоно

Араас дойду аайы айманнылар,

Өрүһүйэ, быыһыы үгүстэр сонно

Өлүү баар сиригар аттаннылар.