Араатардар (поэма)

Өй-санаа күүһүнэн дуолан,

Өлбөт өрөгөй тыллаахтар.

Үйэлэргэ номох буолан,

Аны даҕаны тыыннаахтар.

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Кинилэр эппит тыллара —

Эн булан аахтаргын эрэ —

Эмиэ сыалларын табаллар.

Быыһанан көр, уонна эн ыл,

Былыргы тыл бэргэниттэн:

Тугу да сүүйбэт сытыы тыл

Сытыы буулдьаҕа тэҥиттэн.

Үтүө тыл-өс — өй бэлиэтэ,

Үгүс мөккүөрү быһаарар.

Сиргэ сэрииһит кэриэтэ

Араатар аата аатырар.

Араатардар баар буоланнар

Саҥа эралар кэлэллэр:

Айгырыыллар көмүс троннар,

Империялар сиҥнэллэр.

Өркөн өйдөөх араатардар

Үйэлэри сырдаталлар;

Айар тыыннаах араатардар

Аан дойдуну саҥардаллар.

Арай биллэ сатааччылар,

Айдаара түһээт, бараллар:

Арай кэтэх санаалаахтар

Араас мааскаҕа саһаллар.

Бүгүн этиэх айылаахтар

Бука бары тыл этэллэр.

Үгүстэртэн аҕыйахтар

Бу тураллар эн иннигэр.

Кинилэри истэн сэргээ:

Кэпсиэхтэрэ олохторун,

Хайҕаа эбэтэр сэмэлээ,

Баҕар, аһын сорохторун…

I

Трибунаҕа-трибунаттан

Көстөр-көстүбэт араатар.

Кини бэйэтин аатыттан

Ким эрэ тылларын ааҕар.

Дьоһумсуйа соҕус туттан,

Этэр, кэҕэлии чоргуйар.

Суруйан биэрбит туораттан

Кини оннугар долгуйар.

II

Улахан түмсүүлээх мунньах.

Улаханнара тыл этэр,

Иннигэр сытар булгунньах

Саҕа паапкатын тэнитэр.

Истээччилэр дьоллоругар

Киириитин түргэнник ааһар,

Онтон үлэ дьонноругар

Үтүөтүн-өҥөтүн ааҕар.

Үлэ барарын бэлиэтиир,

Ол эрэн бытаанын этэр,

Бытаарбыттары сэмэлиир,

Быһаарыылаахтык сэрэтэр.

Саҥа кыайыыга ыҥырар,

Саҥа кыайарын эрэнэр,

Саҥалыы туттар, саҥарар

Саҥа дьоннорго тирэнэр.

Барыта «саҥа» бу киһи

Эргэни сир-буор сирэйдиир,

Арай биир санаа кинини

Урукку курдук эрэйдиир:

«Кини саҥалыы санаатын

Манна бука биһирииллэр…

Ону баҕар сах салаатын…

Үрдүкүлэр дьэ туох дииллэр?..»

III

Олус уһуннук утуйан,

Онтон эмискэ уһуктан,

Кымньыы тылынан кылгастык,

Кырдьыгынан, аһаҕастык

Санааларын этээрилэр,

Саҥа суолу тэлээрилэр

Онно-манна араатардар

Уулуссаҕа таҕыстылар.

Олох күн-түүн уларыйар,

Улам-улам сатарыйар,

Ордук онон куоһурданан,

Охсуһуохтуу суоһурҕанан,

Улуу дойдуну ыһаары,

Урусхалга аҕалаары

Омун-төлөн араатардар

Уулуссаҕа айдаараллар.

Икки уот икки-ардыгар

Иирээн суола эрэ сытар,

Утарыта араатардар

Ону өйдүү сатаабаттар.

IV

Илистибит да киһи,

Көлөһүн-балаһын аллан!..

Хайа, тугу бу кини

Сүгэн-көтөҕөн аҕалла?

Онтон кэлээт даҕаны,

Трибунаҕа таҕыстаҕа,

Ол иһин ону маны

Умна-умна саҥардаҕа?

Урут кини уот тыллаах

Араатар киэнэ бастыҥа!

Ону бу, дьэ кыһыылаах,

Мунньаҕа бүгүн атына.

Манна чиэстииллэр эбнт

Куһаҕан, куодай киһини;

Оттон үтүө үлэһит

Хайгыахтаах үһү кинини!..

V

Хайаан да күндү көстүүмнээх,

Хайаан даҕаны хаалтыстаах,

Бэйэтэ бэрт диэн көстүүлээх,

Хас биир тыла хамсаныылаах

Итийэн-кутуйан туран,

Этэн-тыынан бардаҕына —

Оннугуттан ойон туран,

Уруйдуоххун баҕараҕын.

Кумааҕыта суох, өйүттэн

Кутан-симэн бардаҕына —

Элбэҕи да билэриттэн,

Этэргэ дылы, саллаҕын…

Онтон кэлин дьиэҕэр кэлэн,

Уутун-хаарын ыктаххына,

Туман-имэн, туман-имэн…

Дууһаҕар суох биир да тыла!

VI

Мунньахха да тыл этэрэ,

Боруоста да кэпсэтэрэ

Син биир курдук киниэхэ:

Тоҕо эрэ олус холку

Дуоһунастаах киһиэхэ.

Кини тугу саарбахтыырын,

Тугу сирэрин-хайгыырын,

Үлэни дуу эбэтэр

Үмүрү тарда сатыырын —

Барытын манна этэр.

Аһаҕастык кэпсэтиигэ

Ааны аһар хас этиитэ.

Атахтыыры аһыммат,

Аатым-суолум түһүө диэн

Алҕаһын да сабыммат.

Кини мэлдьи дьоҥҥо этэр

Кылбайар кырдьыгы эрэ.

Оттон кырдьык тыл булгу

Булар суолу дьон сүрэҕэр.

Ол иһин кини холку.

VII

Уҥа-хаҥас хайыспахтаан,

Уолан бэрдэ, оҕолоор!

Ууну-хаары таһыйбахтаан,

Омун киһи дьэ доҕоор!

Тыллар уһуктаах уоһуттан

Тыһыынчанан көтөллөр,

Тыынар тыыннара суоҕуттан

Тыллыбакка өлөллөр.

Өссө-өссө күүрдэр-күүрэн

Өр да кини саҥарар,

Хал буолбут тылларын үүрэн

Хас да төгүл аҕалар.

Оо, төһөлөөх киһи күнүн

Уорта буолуой бу киһи?!

Табаарыстар, кини бүттүн!

Таһыныаҕыҥ ол иһин!

VIII

Сүүһүнэн сөхпүт харахтар

Кафедратган арахпаттар:

Онтон олох муудараһа

Устар эдэр дууһаларга:

«Биир олох умуллан хаалар,

Саҥа олох салгыы хаамар.

Ол аайы уһун суол кылгыыр,

Оттон айан ордук ыарыыр.

Ким билиэй ол уустук суолу

Хайаҕыт хайдах солуоҕун?

Онно биһиги сүбэбит

Төһөтө сөбө эбитин?

Ол эрээри алҕастары —

Эргэ, саҥа алҕастары —

Барыларын ааспыт кэмҥэ,

Баһаалыста, түһэримэҥ.

Номнуо кыһыл тылгытынан

Дууһаҕытын тымнытымаҥ.

Сыыспат арай — сытар эрэ.

Сылдьыҥ, айыҥ: сыалгыт кэрэ!»

Ити олох муудараһын

Этэр ытык кырдьаҕаһы

Эдэр дьоннор им-дьим баран

Истэллэр эбит, тартаран.

IX

Кэрэ кыысчаан — комсомолка

Уонна төлөннөөх араатар.

Өһө илик комсомолга

Революция кутаата!

Күлгэ саспыт кыһыл чохтуу,

Кытыастарга санаа бэлэм:

Кыысчаан этэр тыла охтуу

Табар сыалын чопчу кэлэн:

— Тугу биһиги күүтэбит?

Этиҥ эрэ, комсомоллар,

Хаһан биһи көлүөнэбит

Улуу кэм уоҕунан буолар?

Уолдьаста! Албан ааккынан

Арбанан бүт эн, комсомол!

Аны тыыннаах дьыалаҕынан

Атыттарга холобур буол!

Оччоҕо эрэ киэҥ суолга

Ньиргийиэ кимии ураата.

Өһүө суохтаах комсомолга

Революция кутаата!

X

Саҥа санаа кыымынан

Саала иһэ сандаарбат:

Ким да сиэрдээх тылынан

Кэпсэтиһэ сатаабат.

Үлэ-хамнас туһунан

Үөрүйэхтэр этэргэ,

Үүтү-ааны син булан

Үмүрүтэн эрэргэ.

Бары уопсай тылынан

Тура-тура көмсөллөр,

Онтон уураах ылынан,

Уоскуйбуттуу көрсөллөр.

XI

Тыла-өһө олоҥхолуу:

Тыыннаах, кэрэ, умсулҕан;

Устар ууну сомоҕолуу

Оо, дьэ этэр барахсан!..

Айылҕаттан араатары

Манна бары билэллэр,

Бастыҥ булчут санааларын

Махталынан истэллэр.

Оттон кини туох баарынан

Олоҕун бу сэһэргиир,

Ол аайы сып-сылааһынан

Харахтара мичээрдиир.

Кытыаста кыыһар сарыаллар,

Кылбачыһар долгуттар,

Күйгүөрэ ыллыыр күөх тыалар

Көстөн ааһар курдуктар…

Арыт боппуруос уустуга

Боростуойун сөҕөҕүн:

Олоҕу кэпсиир уус тылга

Улуу күүһү көрөҕүн.

XII

Саҥа иһиллэр

хантан эрэ үөһэттэн,

Ханнык эрэ бухатыыр

модун түөһүттэн,

Ханнык эрэ гений

муҥнанар өйүттэн,

Баҕар билигин,

баҕар атын үйэттэн.

Саҥа иһиллэр

киһи аймах аатыттан:

Кини өлбөт-сүппэт

үтүө санаатыттан,

Төрүт түөлбэтиттэн,

түрбүөн куоратыттан,

Төгүрүк күөлүттэн,

түллэр муоратыттан.

Саҥа иһиллэр

сааскы болуоссаттарга,

Кыһыл знамя анныгар

мустубуттарга,

Аҕыйах, элбэх ахсааннаах

норуоттарга,

Көҥүллэрин иһин

күүрэн турбуттарга.

Бу бары дойдулар,

бу бары омуктар

Уруйдуур-айхаллыыр,

олорор, охсуһар

Улуу ырыалара

дууһаны долгутар

Биир саҥа буоланнар

сатарыыр курдуктар.

Бу саҥа кырдьыга,

бу саҥа эрдээҕэ,

Бу — поэт саҥата

иһиллэн эрдэҕэ.

Киниэхэ эрэ дьэ,

араатар бэрдигэр,

Айылҕа бу маннык

уот тылы биэрдэҕэ.

Киниэхэ эрэ дьэ,

араатар бэрдигэр,

Дьон-сэргэ дууһатын

арыйан биэрдэҕэ;

Ол дууһа уоҕунан

аан дойду туоллаҕа,

Уонна бу иһиллэр

биир саҥа буоллаҕа…

Оо, поэт! Үйэҕэр

дьон дьолун ыллааҥҥын,

Биирдэ эн биллэҕиҥ

өйдөһүү сылааһын!

Киһиэхэ, олоххо

кэмэ суох тапталыҥ

Кэнэҕэс ыллаҕа

ким эрэ махталын!

1987 с.

Перейти к содержимому