АРАЛДЬЫЙЫЫ

Айар киһи буоламмын

Айылҕаны таптыыбын,

Аар тиит төрдүн буламмын

Аһаан-сиэн мин чаллыыбын.

 

Тэтим-эрчим бөҕөтө

Тэбиэһирэн барабын,

Тиитим чугас төбөтө

Тииҥнии ойон тахсабын.

 

Тиэрэ охсуох айылаах

Тэһии тыаллар үрэллэр,

Тэһэ анньыах айылаах

Тииһиктэрим киирэллэр.

 

Биллэр, сиргэ түһээтин

Били аспын ылабын,

Биирдэ баҕас күннээтим,

Бэл үнтсүүлээн ылабын.

 

Хайаан ама умнуомуй

Хатыҥчаанныыр мастарбын,

Хантаппаттаах буолуомуй

Ханньаахтыыра астарбын!

 

Хара буурҕа эрийэр

Хатыҥчааным сыысчаанын…

Хайдах мэйиим эргийэр,

Ханнаҕыный, кыысчааным?

 

Тииппин сыыһа харбаатын

Тэмтэрийэн охтобун,

Сыыртан суор да хахаардын,

Сытан онно хонобун…

 

Ийэ буорбар таалаахтаан

Эмискэччи турбутум,

Итиригим дуу ааһан

Илигирии тоҥмуппун.

 

Тииттиир маһым барахсан,

Титирээтим даҕаны!..

Тиэргэммиттэн арахсан

Тэйиэ суохпун дуу аны.