АРАХСЫЫ

Көмүс күн күлүмэ

Күлбэт эн биһиэхэ,

Өтөр түүн күлүгэ

Үрэххэ түһүөҕэ.

Өр да эн көрөҕүн

Үрэҕи, үрэҕи.

Арахсыы кэмигэр

Миэнэ биир соругум:

Эн сырдык бэйэҕэр

Хом санаам хоммотун,

Эйэҕэс бэйэҕэр

Хом санаам хоммотун.

Ыраах сир кыыһыгар

Ылларан кэлэрим,

Киирэр күн кыымыгар

Кэрэтэ үрэҕиҥ.

Өр да эн көрөрүҥ

Үрэҕи, үрэҕи.

Доҕоруом, умун дуу

«Буруйдуоҥ» диэбиккин

Эйигин буруйдуур

Тылы мин билбэппин,

Тапталы буруйдуур

Тылы мин билбэппин.

Көмүс күн күлүмэ

Күлбэт эн биһиэхэ,

Өтөр түүн күлүгэ

Үрэххэ түһүөҕэ.

Өр да эн көрөҕүн

Үрэҕи, үрэҕи.

 

Перейти к содержимому