АС-ТАҤАС ЭРЭ БААР БУОЛЛУН

Ас-таҥас эрэ баар буоллун,

Атына туохха нааданый?

Идея эҥин суох буоллун,

Эһэн кээһиҥ, абааһыны.

 

Икки атахтааҕы кини

Эмиэ харааччы иирдиэҕэ,

Сылатта сөбүн киһини

Сырдык ыралаах идея.

 

Дьоннор ырааҕы-чугаһы

Ырыҥалыы барбаккалар,

Ырыынак ааһар албаһын

Ырааһынан ылыннылар.