Бу манна эппэппит айаммыт,
Бу манна этэбит туох баарынан: Баар ээ, кырдьык, баҕа-айанньыт, Баар ээ, кырдьык, баҕа-сарыабына.
Арай биирдэ баҕа-айанньыт, Apaaha, былыргы Магеллаанныы Аан дойдуну эргийэ барбыт, Айаҕын муҥунан ыллыы-ыллыы:
«Амма, Таатта – мин дойдум, Алдан, Бүлүү –мин дойдум. Күтэр аппын мииннэммин Көтүтээхтээн иһэбин…»
Ол иһэн күтэр ат – Уйатыгар дьылыыс! Оо бабат, оо татат! Баҕа кыыл — таралыыс!.. |
Tөhө да сааттаахтык оҕуттар,
Мииммит бэлиэтин баҕа-айанньыт Күтэр икки ойоҕоһугар Күтүр улахан чэри хаалларбыт.
Онтон ыла аны күтэри Баҕа мииммит маттаҕата дииллэр Уонна күн бүгүнүгэр диэри Ону күлүү оҥостон кэпсииллэр.
Ол эрэн хонуу аайы хорос, Бадараан аайы бал-бал ойуолуур Баҕа диэн мара үөнү сорох Көрөөт даҕаны күлүүтэ тохтуур.
Айанньыт диэххин маарына суох, Сарыабына диэххин санааҥ буолбат, Ол иһин арай оҕо буолуох, Оччоҕо туолуо олох да туолбат.
Уйбаан сарыабыс оҕо кэлэн Тура түһэр биир баҕа иннигэр, Ол аата кини сүгүннэрэн Илдьиэхтээҕэ баҕаны дьиэтигэр.
Хайыаҕай, өлүө дуу, быстыа дуу?! Барар кини баҕа аналлааҕар, Онно дии кинини арай дуу Айхаллыыр кыыс оҕо кылааннааҕа!
Уйбаан сарыабыстыын сиэттиһэн Оргууй хаамар кэрэ сарыабына, Көмүс күн киэҥ халлаан иэниттэн Kyyhap кинилэри сарыалынан.
Ойуур-тыа оннугар эмискэ Улахан куорат баар буола түһэр. Онно курустаал кирилиэскэ Сарыысса кинилэри көрсүһэр. |
Бу манныгы эттэҕэ поэт
«Мин өйдүүбүн дьикти түгэни» диэн. Оо, кырдьык, ким да итэҕэйиэх, Олус да дьикти остуоруйа диэн!
Oҕo сылдьан биһиги бары Остуоруйа бөҕөтүн истэрбит, Үгүс да үтүө санаалары Өрүүтүн кинилэртэн билэрбит.
Ол курдук бу күрэҥ күтэрдэр, Албын саһыллар, аптаах баҕалар – Бар дьону кынаттаан көтүтэр Барылара бараммат баҕалар. |