Иирэ талах сэбирдэҕин
Иллэҥ сылдьан түһэрбэккэ,
Алаас, хочо ача күөҕүн
Ааһан иһэн тэпсибэккэ,
Уйаламмыт чыычаахтары
Улдьаа сылдьан үргүппэккэ —
Хотуур, кыраабыл тутаҥҥын,
Ходуһаҕа хомуннаргын.
Эһэлэргэ, эбэлэргэ
Истиҥ тылы этэ-этэ,
Аҕалартан, ийэлэртэн
Алгыс тылын истэ-истэ,
Уолаттардыын, кыргыттардыын
Уоттаах тылы этэ-тыына —
Уоскун-тиискин оҥостоҥҥун,
Отчуттардыын олордоргун.
Олоҥхолуу уостан биэрбэт
Омун-төлөн санааҕынан,
Кэпсээннэрдии кэхтэн биэрбэт
Кэрэ-бэлиэ санааҕынан,
Ырыалардыы ыран биэрбэт
Ыра-баҕа санааҕынан
Сүүһүнэн дьон сүрэхтэрин,
Сөрүүн тыаллыы, сөргүттэргин.
Күндээрэ сырдыыр халлааны,
Күөгэйэ хамсыыр алааһы,
Унаарар уйгу быйаҥы,
Сандаарар самаан сайыны,
Үрэххэ, тыаҕа толору
Үлэлиир-хамсыыр дьоннору
Дьолгор-соргугар холооҥҥун,
Долгуйа туой, хоһоонум!