Былыр дьон сиир аһын,
Таҥнар да таҥаһын
Булара-талара
Бултаһан-алтаһан.
Хара тыа хас маһа
Хахха дуу буолара:
Куобаҕа, саһыла
Куотара, саһара.
Элбэҕэ тайҕаҕа
Эһэтэ, тайаҕа,
Ол ону бултаһар,
Оо, суоһа-суодала!..
Бэрт кыра да сыыһа
Бэйэҕин былдьыыра —
Булчут биир албаһа
Буолара алгыһа.
Аал уота-эһэтин
Аһата-аһата,
Аар тайҕа иччитин
Алгыыра саҥата.
Бэйэтин тылыттан
Бэйэтэ эр ылан,
Эһэ да арҕаҕар
Эрэллик барара.
Ол курдук булчукка
Ураты турукка
Баар буолта, бадаҕа,
Байанай алгыһа.