БИЛГЭ

Бу курдук кэмигэр ардахтаах

Өҥ сайын өтөрүнэн суоҕа.

Ким эрэ көрүүһүт аҥаардаах

Бу манна билгэлээн туруоҕа.

Айылҕа бэйэтэ ааҕардаах

Хайаан да ортотун булуоҕа.

Ол аата быйыл чараас хаардаах

Олус тымныы кыһын буолуоҕа