БИҺИГИНИ ДАҔАНЫ

Биһигини даҕаны,

Биллэр, эмиэ иитэллэрэ.

Элэ-была тылларын

Этэн аххан биэрэллэрэ.

 

Бүгүн бэйэбит аны,

Эдэр дьону иитээрибит,

Элэ-была тылбытын

Этэн аххан биэрээхтиибит.

 

Оттон кинилэр сарсын,

Эмиэ иитэ, эдэрдэргэ

Элэ-была тылларын

Этэн аххан биэриэхтэрэ.

 

Үгэс ордук иитэрин

Өйдүөхпүтүгэр диэритин,

Өссө да өр итинник

Өрө тутуохпут тылбытын.