БИҺИЭХЭ ЭЛБЭХ ЭТЭЭЧЧИ

Хаһан сааспыт кэллэ ити?

Ханна эрэ кэҕэ этэр,

Хара тыаны, курус сири

Хайдах курдук сэргэхситэр!

 

Оттон сайынын бу манна

Ойуу-дьарҕаа аһыыкалар

Атахтарын кыычырҕата

Араастык этэн сыыйаллар.

 

Онтон халлаан оройугар

Уулах былыт устан тахсар

Уонна аан ийэ дойдубар

Улуу этиҥ этэн барар.

 

Оо, иһит эрэ эн, атаас,

Айылҕаны биһирэччи!

Биирдии, уоннуу эҥин араас

Биһиэхэ элбэх этээччи.

 

Ханна эрэ этиҥ этэр,

Хара ууга көҕөн этэр,

Биллэн турар, кэҕэ этэр,

Бэл аһыыка эмиэ этэр.

 

Хара тыаҕа улар этэр,

Хабыйахаан кытта этэр,

Хаттаамаҕа тугут этэр,

Хаппахчыга хомус этэр.

 

Ол аата тыа киһитигэр

Олус бэһиэлэй, арааса!

Ол-бу барыта кэпсэтэр

Ойуурга, тыаҕа, алааска.

Перейти к содержимому