БОБУУ

Дьоннор курдук үлэлээн

Тоҥмот-хаппат суруйааччылар

Бука бары сөбүлээн

Бобуулааҕы суруйааччылар.

Бобуулаах тыл тиийигэс,

Бобуулаах кинигэ сырсыылаах,

Бобуулаах ас минньигэс,

Бобуулаах суол ордук сырыылаах.

Бобуулаах диэн буоллун да,

Буоссата да суох суолталанар,

Сорох дьэ ол иһин да

Соруйан оннук суолу талар.

Кини ол айаныгар

Бобуу-хаайыы муҥнарын ааһар,

Улууну да айбатар,

Улуу киһилии аата хаалар.

Өрүүтүн өлүү-тиллии.

Үйэлэр үүнэллэр, ааһаллар.

Сиргэ бүгүн да син биир

Буойаллар, боболлор, хаайаллар.

Бобуу икки өрүттээх:

Буортулаах эбэтэр туһалаах –

Бобор эрэ мөккүөрдээх

Бобууну арай бобуллуохтаах.