БОЛУОССАККА

Арай биирдэ, аламай маҥан күн

Аан дойдуга ыһыыта күлүмүн,

Кыччыгыйкаан диэн кылаан кыргыттар,

Оччугуйкаан диэн омун уолаттар

Куораттарын киин болуоссатыгар,

Курутуой дьон өссө суохтарыгар,

Бырааптарын иһин охсуһаары,

Быһаччыта, собостуопкалаары,

Холбоһон баран хос уулуссаттан

Кутуллан кииртэрэ, уулуу устан.

 

Уонна дьэ онно саҕаламмыта

Улуу миитин. Кини өр барбыта.

Кыргыттар, уолаттар трибуунаҕа

Кыраһыабайдара, улуулара!

Кыраларын олох умналлара,

Кырдьыктарын манна булаллара.

Саҥаттан саҥа араатар тахсан

Саҥарара абаран-сатаран,

Хаһаанылла сылдьыбыт тыллара

Хааһахтан хостуурдуу кутуллара.

 

Ити уоттаах-төлөөннөөх тыллары

Этэр уолаттары, кыргыттары

Болҕойон ахан истибит норуот

Бу мантан эрэ көҥүлүн булуох

Өйө-санаата өрүкүйбүтэ,

Үүнэ-тэһиинэ төлөрүйбүтэ,

Эмискэ иннин диэки хаампытын

Бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта.

Болуоссат үрдүнэн «ураа» хаһыы

Унаарыйбыта ыраах сатарыы.

 

Барааттыыр болуоссаты толру

Бачча эрдэ мустубут дьоннору,

Уопсастыба олоҕун-дьаһаҕын

Огдолутаары дьаһаммыттарын,

Бастаан сиэр кудук сэрэлэтээри

Бадаҕа, онтон кэһэтэлээри,

Ол улуу айдаан буолбут сиригэр

Омуоннар тиийэн кэлбиттэригэр,

Киинэҕэ уһуллааччылартан атын

Ким да суох этэ ол онно букатын.

 

Сатаан да төһөнү сатыыахтарай!

Кистиэхтэрэ дуу сааларын арай!..

Омуоннар ол эрэн куоппатылар,

Оннооҕор мух-мах да буолбатылар:

«Киирсии сыанатын киинэҕэ оонньуу

Кэллибит», – дэстилэр күлэ-оонньуу.

Охсуһууну оонньуур диэн биллэр суол,

Онно бэлэм эҥин наадата суох –

Дубиинкалар өрө күөрэйдилэр,

Турар дьону тута үрэйдилэр.

Перейти к содержимому