БУ ДЬИКТИ СИРГЭ

Өр көрдөөн буллум өтөхпүн,

Көрдүм онно көрбөтөхпүн.

Торума эрэ тулуһан

Турар туруорбах балаҕан.

Сорох-сорох эркиннэрэ

Сууллан түспүт эмэҕирэн.

Оттон иһин мала-сала

Уу аҕалбыт урусхала.

Көмүлүөк хаҥас чанчыгар –

Күлбүһэхтэр, чабычахтар,

Иһиттэрин сууйа туран

Ийэм субу барбыт тахсан…

Хайдах эрэ дьик гынабын,

Халбарытабын харахпын.

Хоспох, хотон, күрүө-xahaa

Хотторбутттар эмиэ наһаа.

Аҕам туппут сэлээмэтэ

Хаалбыт арай элээмэтэ.

Хайаан атын буолуой өтөх,

Хата күл буолан көппөтөх.

Толооммут, ойуурбут, күөлбүт

Тураллар өссө да нүөллүк.

Көтөллөр чыычаахтар, кустар,

Көтөллөр субу, чугаспар.

Усталлар үpүҥ былыттар,

Онно көстөллөр кыһыттар.

Биллибэт тыллаах суруктар

Миигин ыҥырар курдуктар…

Мин кэлиэм, кэлиэм эһиэхэ,

Эһиги күндүгүт миэхэ!

Олоруом бу дьикти сиргэ

Отуу туттан сэдэмдьигэ…

Перейти к содержимому