БУОМТУЙУУ

Түбүккэ сэниэбит баранар,

Түмүгэр тугу да оҥорбоппут.

Ол айыытыгар буолуо, баҕар,

Хайдах эрэ сатаан олорбоппут.

 

Омуннаах-төлөннөөх санаабыт

Олус эрдэ уота-күөһэ сүтэр,

Ол курдук дьэ олох сылаатын

Уоран биһиэхэ уган кэбиһэр.

 

Оо, өр буолбат! Олохтон салҕыы

Омсолоох өрүттэрэ көстөллөр.

Кэрэ суоҕар киһиэхэ салгыы

Кэдэрги кэмэлдьилэр көбөллөр.

 

Оннооҕор сайдам санаалаахтар

Оччо-бачча онтон үрдээбэттэр,

 Олоххо сөп буола сатааннар

 Ойуулаах түүллэри түһээбэттэр.

 

Ол курдук тэҥнэһэ түһэллэр

Бары кыралар, бары улуулар.

Ол эрэн бу маннык түгэннэр

Тоҕо эрэ дууһабын муҥнууллар.

 

Үрүмэччи кынатын өҥө

Өлбөөдүйдүн да сонно суох буолар,

Оттон киһи оннооҕор бөҕө:

Өҥө да сүттэр, үйэтин туолар.