БЫЫҺААЧЧЫЛАР

Сайыны быһа кураан буолан,

Сир ньуура хайыта хатта.

Дьоһуннаах үрэх уута уолан

Дьоҕойон сыккырыы сытта.

 

Эйимнэрэ эрэ хааланнар

Элгээн бөҕө чөҥнөрүстэ,

Хаарыаннаах балыктар хаалланнар,

Хас элгээн хамсыы мөҕүстэ.

 

Баһаам балыгы быыһаарылар

Манна дьоннор түмүстүлэр,

Көмө быһыты быһаарылар

Күрдьэх үөһэ түһүстүлэр.

 

Күлүмэх үлэни көрсөннөр

Ытыстара хабылынна,

Киэһэлик киэҥ ууну көрөннөр

Санаалара табылынна.

 

Үөpүү кыыма чаҕылыҥнаата

Өрөгөйдүүр харахтарга:

Күҥҥэ оонньуу кылбачыҥнаата

Күстэх көмүс хатырыга.

 

Махтал, баһыыба быыкаа дьоҥҥо

Быйыттартан, күстэхтэртэн!

Быыкаа дьоннор аны оол онно

Kүөрэҥнэһэр күрдьэхтэрэ…

 

Бука, cайыҥҥы түүн быданнаан,

Боруҥуйа быһыытыйда,

Ыҥыртыыр саҥа бу сатыылаан

Сыыр үрдүттэн сатарыйда.

 

Быстыахтара дуо, үлэһиттэр

Быһаарсыһа сатаатылар,

Ону ол диэбэккэ кэлбиттэр

Утуталыы таһаардылар.