ДОҔОЧЧУГУОМ, СҮРЭХ БАҔАРБЫТЫН

Доҕоччугуом, сүрэх баҕарбытын,

Сүһүөx кыайбата диэн баар эбит.

Били эйиэхэ ыллык барарын

Тибии дэлби тибэн кэбиспит.

 

Баттыкпын ылан бара сатаатым…

Син ыраах охтубут үһүбүн…

Түһээн дуу, түүнү быһа ытаатым.

Түһээн ытыыр – үчүгэй үһү…