ДӨЛҮҺҮӨН

Кытыастан түһэн, дөлүһүөн

Быйыл баҕас, оо, үүммүтүөн!

Үүнээри үүнэн өлгөмүөн,

Өлгөмүн ааһан бөдөҥүөн!

 

Сибэккитэ ол иһин да

Быһаас олус кэрэ этэ:

Уоттуу кыыhа тэтэрбитэ,

Онтон эмискэ сүппүтэ.

 

Сэбирдэхтэр түспэккэ да

Түүрүллэн сүтэр эбиттэр.

Оннук сүппүт сэбирдэхпит

Отон буолан хаалар эбит.

 

Кып-кыракый отон баара

Кытарара, улаатара,

Улам-улам эттийэрэ,

Онтон буhан тэтэрэрэ.

 

Биирдэ сымнаабыт дөлүһүөн

Минньигэһин бэйэн сөҕүөҥ,

Томторго күн аайы суүрүөҥ,

Тото сиэҥҥин үөрүөҥ-көтүөҥ.

 

Аччык сэрии оҕотугар,

Аспыт этэ ол туһугар —

Быһыыта, сорохпут мөлтүөн

Быыһаабыта ол дөлүһүөн.

 

Бөдөҥ даҕаны дөлүһүөн,

Бөдөҥ даҕаны дөлүһүөн

Ол сайын кыыhа үүммүтүн,

Оо, хайаан умнуоҥуй бүгүн?!.