ДУУ?

Саха саҥатыгар-иҥэтигэр

«Дуу» диэн тыл субу-субу иһиллэр.

Үчүгэй тыл дуу, куһаҕан тыл дуу?

Быһата, ону быһааран көр дуу.

 

Оонньуулаах бөҕө олох обургу,

Бастаан эрэ барыта судургу:

Уонунан суолтан биири талаҕын,

Онно дьэ таптаххына табаҕын.

 

Уҥа диэки барар ордуга дуу,

Хаҥас диэки хаамар хаалбыта дуу,

Көнөтүк барар көдьүүстээҕэ дуу,

Эргийэ сүүрэр эрэбилэ дуу?

 

Саарбахтааҥҥын дуу, саараҥнааҥҥын дуу,

Истиҥ санааҕын этимээри дуу

Элбэхтик даҕаны эн «дуулуугун»,

Этииҥ бүтүүтүн икки уулуугун.

 

Оҥорору оҥороору туран,

Бүтэрэри бүтэрээри туран

Сүбэ-ама ыйыппыта буолуу

Сөбө эбитэ дуу, сөтөҕөйө дуу?

 

Биэрэри биэрэн, ылары ылан,

Ыһары ыһан, сиири сиэн баран

Билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолуу

Бэрдэ эбитэ дуу, бэттэҕэ дуу?

 

Хаар диэбитэ уу, уу диэбитэ хаар,

Баһа байҕал, кутуруга куйаар,

Биэрэгэ биллибэт киһи диэннэр,

Биллэр, эттэхтэрэ бэккиһээннэр.

 

Итини истибит соһуйан дуу

Саҥа аллайыаҕа: «Ама дуу!»

Ол эрэн биһиэхэ ол-бу буолуу

Атын омуктардааҕар ама дуу?

 

Саха саҥатыгар-иҥэтигэр

«Дуу» диэн тыл субу-субу иһиллэр.

Үчүгэй тыл дуу, куһаҕан тыл дуу?

Быһата, ону быһааран көр дуу.

 

«Дуу» диэн ыйытыы, көрдөһүү тыла

«Дуу» диэн ылыныы, сөпсөһүү тыла.

«Дуу» диэн тохтотор, толкуйдатар тыл

«Дуу» диэн сахаҕа саамай улуу тыл.