Хонууга, кыыстыы, кыыһар сардаана,
Хоһоонум тылыгар холбоһон сандаар!
Киһи аймах киэн туттар аҥаара,
Бүгүн мин хоһооммор кини эрэ баар.
Дьахтар диэн тыл араастык иһиллэр:
Үксүгэр ол эрэн үрдүк ырыалыы.
Аны онно мин тылым эбиллэр,
Аан бастаан дьахтары анаан айхаллыы.
Күһүҥҥү күн күдэрик тумана,
Сааскы сарсыарда сандаарар сарыала –
Ити барыта дьахтар туһунан,
Ити барыта эр киһи санаата.
Табыллан дуу чахчытын эттэҕэ,
Таптаабыт дьахтар таабырын курдук диэн?
Кыһыйан дуу кырдьыгын эттэҕэ,
Кыраһыабай дьахтар кыҥкыйа бэрт диэн?
Хас хардыы аайы хайҕанар дьахтар
Хаппырыыстыыра да ханна барыаҕай:
Аат-суол киһини арыт алдьатар,
Ону быһаарар остуоруйа сыалай.
Аатыдаҕа аан бастатан дьахтар
Таптал уйата–чараас сүрэҕинэн,
Орто дойду олоҕор-дьаһаҕар
Улуу ыардары кини сүгэринэн.
Ити эрэн аатын билбэт гына
Аатырдаҕын эн, эр киһи, кинини:
Эн аатырда сылдьыбатаххына,
Бастакы хаһыҥныын барсаахтыа кини.
Таптал дьахтары дьахтар оҥорор,
Өс саас киниэхэ үтүөнү өлөрөр.
Силлиэ-тыал түһэр – сир ийэ тоҥор,
Итии күн тыгар – ийэ сир көҕөрөр.