ДЬИКТИ ТУРУК

Биир сыл иһигэр,бадаҕа,

Мээнэ улаатар эбиккин.

Оо, мин былырыын баччаҕа

Олус да кыра эбиппин!

 

Биирдии сыл буола-буолабын

Мин сүр диэн уларыйабын:

Былырыын кыра бэйэбин

Быйыл нэһиилэ билэбин.

 

Сүүрбэччэбэр эҥин курдук

Сүппүтэ ол дьикти турук.

Улааппытым ол кэнниттэн

Олох илэ бэйэбинэн.

 

Уончалаах оҕо сайдарын

Ордук мин онно биллэҕим

Итиэннэ дьэ ол хайдаҕын

Эһиэхэ кэпсээн эрдэҕим.

 

Биир сыл иһигэр, атасчаан,

Мээнэ улаатар эбиккин,

Эн, былырыыҥҥы кырачаан,

Быйыл улахан киһигин.

 

Эн ыраах кыстаан бараҥҥын,

Эргиллэн дьиэҕэр кэлбитиҥ

Мэлдьи тэҥнэһэp мастаргын

Бэрт элбэхтэрин сиппиккин.

 

Былырыын тохтуур сирдэргин

Быйыл эн көҥүл ааһаҕын.

Урут билэр кинигэҕин

Олох атыннык ааҕаҕын.

Перейти к содержимому