Атын дьоннор курдук
Айгыстыбакка эрэ кини
Уурбут-туппут курдук
Оҥорон кэбистэҕэ ити.
Дьэ бу дьиҥнээх талаан!
Дьикти баар манна барытыгар:
Эн үөрүгэс муҥнаан
Ыллараҕын кини абыгар.
Эриэккэс санаалар
Эмискэ дууһаҕар туолаллар,
Итиэннэ, санааҕар,
Эҥкилэ суох хоһоон буолаллар.
Урут эн хоһоону
Оҥоро сатаан суруйарыҥ,
Тыллары холбооһун
Ньыматын сатаан туһанарыҥ.
Тыыннаах тылы-өһү
Эппэтэх буолан иһээхтиириҥ,
Тура-тура бөҕү
Дьоҥҥор-сэргэҕэр бэлэхтиириҥ…