ДЬИЭМ ТАҺА

Мин дьиэм таһа дьикти үчүгэй!

Хас сарсыарда аайытын сүөгэй

Үүттээх чэйи иһэн баран,

Өр сылдьабын онно тахсан.

 

Күөх халлаан саамай оройугар

Күнүм күөрэйэ ойоругар

Кыһыл көмүс бүлүүһэлии

Кыыһан тахсар күлүмүрдүү.

 

Көмүс кыымнаах кини сыдьаайа

Күлэр-оонньуур хас от-мас аайы,

Көҥүл босхо бу манна мин

Күөх тыалыы дуу күүлэйдиибин.

 

Сайыҥҥы күнүм сыламыгар

Салгылаан бараммын ардыгар

Талыы хонууга кэлэммин

Таалалыыбын күөх окко мин.

 

Онтон итийэн бардаҕына,

Ойуур күлүгэ түһэр гына,

От-мас иһигэр киирэммин

Олорунаи кэбиһэбин.

 

Сибэккилэр төбөлөрүгэр

Сэмэгэттэр, үрүмэччилэр

Ситиһэ көтөн кэлэннэр

Ситиннэ-манна түһэллэр.

 

Араас үөн-көйүүр эгэлгэтин

Ааҕан даҕаны эн сиппэккин:

Уҥа-хаҥас эп-элэҥнэс,

От-мас быыһа эп-эймэҥнэс.

 

Тула даах-дуух буола түһэннэр

Тураахтар көтө үөрэнэллэр,

Кулуннуу кистии-кистиилэр

Кугас элиэлэр элбииллэр.

 

Чаччыгыныардар, тоҥсоҕойдор

Чардырҕаһаллар, тоҥсуйаллар,

Чыычаахтарым үөһэ көтө

Чырыптыыллар үөрэ-көтө.

 

Арай дьэ бу оргуйа турар

Аан дойду көрүн ортотугар

Хайдах эрэ хара суордар

Хаһыылара олус уордар.

 

Ол эрэн ол бүтэр эмискэ:

Уулаах былыттар элэстэнэ

Халлааҥҥа сырсан тахсаннар

Хаарыаннаах күммүн сабаллар.

 

Итиэннэ куотуом ыккардыгар

Этиҥнээх ардах биирдэ кутар —

Сэбирдэхтэр, мутукчалар

Сиидэ курдук чоккурастар.

 

Айылҕам дьиктилээх дууһунан

Астыныахпар диэритин суунан,

Курулас ардах кэнниттэн

Куурдунабын күҥҥэ иттэн.

 

Күөх халлаан улам ырааһырар,

Күн уота өссө сылааһырар,

Сир-дойду суунан-тараанан

Симэнэр күндү тааһынан.

 

Дьиэм таһыгар баар от охсуллан

Дьикти сытынан туолар тулам,

Уруут-урут оҕо сааспар

Оттуу сылдьарбын санатар…

 

Ойуурум, толоонум, ходуһам

Олбуорум иһигэр холбоһон,

Төгүрүк сылга ахтыллар

Төрөөбүт дойдум буолаллар.

 

Онно мин таҕыстым даҕаны

Отоннообутунан барабын,

Хордьоҥ соҕус да буоллаллар

Хойуутук үүнэн тураллар.

 

Толоонум тэтэркэй дьэдьэннээх,

Томторо бэл киис тиҥилэхтээх —

Дөлүһүөммүн, моонньоҕоммун

Төрүт хойут хомуйуоҕум.

 

Оттон сайыны мин аан бастаан

Онно көрсөбүн хаптаҕастаан.

Ойуур-тыа уйгу быйаҥа —

Отон арааһа баар манна.

 

Тэлгэһэбин кытта дьиэм таһын

Тилийэ үүммүт отум-маһым,

Аттыбар тыыннаах олбуору

Анньыбыт курдук туруору.

 

Хара талахтар, титириктэр,

Хахыйахтар уонна тэтиҥнэр

Ханыылаһа сиэттиһэннэр

Халыйа сүүрэн киирбиттэр.

 

Титириктэрим хаһан эрэ

Тииттэр буолан лиҥкинэһиэхтэрэ,

Саастыы атын да мастарым

Саарбахтыыбын хаалсыахтарын.

 

Оччоҕо эмиэ баараҕай тыа

Оргууй аҕай суугунуу тыаһыа,

Кэҕэ көтөр кэлэн түһэн

Кэпсиэҕэ түүнү эргитэн.

 

Симэх-оһуор сэбирдэхтэрэ

Сиккиэр тыалга тэлибирэһэ,

Үтүө мастар үүнүөхтэрэ,

Үгүс дьону үөрдүөхтэрэ.

 

Арай дьэ бу от-мас саҥалыы,

Атыннык уонна уу сахалыы

Уустаан-ураннаан суруллуон —

Онно, баҕар, мин суох буолуом.

 

Бу сиртэн биһиги барыбыт

Букатын олорон барабыт,

Бу турар күөх оттор-мастар

Бука, ону сайыспаттар.

 

Тыыннаах айылҕа кэхтэр-тиллэр,

Тыһыынча сыллартан ол биллэр,

Оттон киһи эрэйдээххэ,

Оннук кыах суох, сэрэйдэххэ.

 

Мин да күнүм киирэн эрдэҕэ,

Билигин түүҥҥү сиик түһүөҕэ —

Тоҕо эрэ дьиэлээн иһэн

Туруоҕум тохтоон ол эрэн.

 

Чугас ыал түптэтин буруота

Тулабар унаара устуоҕа,

Минньигэстик аҥылыйан,

Миэхэ кэлиэ намылыйан.

 

Ынах үөрэ кумаартан куотан

Ыксалынан ааһыа таспынан,

Айаатыаҕа ала кунан

Атыыр оҕустуу туттунан.

 

Сылгылар кистээн дьырылата

Сырсыахтара сири доргута —

Сайыҥҥы чуумпу киэһэҕэ

Сайылык тыына биллиэҕэ.

 

Ахтылҕан долгунун кэриэтэ,

Айылҕа тапталын бэлиэтэ

Ити курдук эн санааҕар

Эмискэччи биллэн ааһар.

 

Оннук мин дьиэм таһын киэһэтэ,

Олохпун барытын киэргэтэ,

Санатар дуу оҕо сааспын,

Сайылыкпын, күөх алааспын.

 

Ханнык эрэ биир маннык түгэн

Хаалан хаалар сүрэххэр бүгэн,

Ити сөп буола-буолаҕын

Эн ону суохтаан ылаҕын.

 

Сороҕор олус дуу ахтаҥҥын

Суоҕу даҕаны баар гынаҕын,

Суох бэйэтин маарынынан

Солбуллар манна баарынан.

 

Оччоҕо субу эн иннигэр

Умнуллубут барыта тиллэр —

Саманна мин көрдүм бүгүн

Сахам сирин бүтүннүүтүн.

 

Бу чуумпу сайыҥҥы киэһэлэр —

Бу миэхэ кистэлэҥ бэлиэлэр,

Өбүгэм үтүө үгэһэ

Өссө да тыыннаах үгүһэ.

 

Сайылык диэн саха баҕата

Саад курдук буолуохтаах, бадаҕа:

Үүнээйи баара тулаҕар

Үөрүүнү кутар дууһаҕар.

 

Тиэргэҥҥэ үүнэр күөх мастары

Тэҥҥэ көр оҕоҕун кытары

Уонна ыраах дойдуларга

Ымсыырбакка олор манна.

 

Ол курдук кыранан сөп буолан,

Олоруоҥ дьолунан эн туолан

Итиэннэ миигинниин бииргэ

Этиэҕиҥ сиргэ-сибииргэ:

 

Мин дьиэм таһа дьикти үчүгэй!

Хас сарсыарда аайытын сүөгэй

Үүттээх чэйи иһэн баран,

Өр сылдьабын онно тахсан.

 

***

Аан дойду хас биирдии киһиэхэ —

Айыллыбыт алаһа дьиэтэ,

Ууһуур уйата ол аата,

Ону баара, ону бара.

 

Айгыр силик аан ийэ дойдум,

Айхаллаан мин бүгүн хоһуйдум

Эн дьиҥ бэйэҕин буолбакка,

Эн маарыҥҥын биир олбуорга.

 

Ол курдук бу саҥа үйэҕэ

Олоҕу хара күүс үрэйдэ,

Күн сирин бас билэн кини

Күрүөҕэ хаайда киһини.

 

Ойуурбут, толооммут күлүмнүү

Отоннуун, салгынныын бүтүннүү

Аны чааһынай илиигэ

Арсыыннаах таҥастыы киирдэ.

 

Онно кими да, биллэн турар,

Ол дьон адьас чугаһаппаттар,

Оонньообут даҕаны сириҥ

Угуйа турдун эйигин.

 

Төрөөбүт-үөскээбит буоргуттан

Төннүөҕүн сыаптаах ыт уоруттан,

Оттон ааһыаҥ суолларынан,

Ону төлүөҥ дуолларынан.

 

Сирэ-уота суох хаалбыт дьоҥҥо

Сирэм күөх алааска, толооҥҥо

Сарсыарда аайы кытыастар

Сарыаллар аны кыыспаттар.

 

Күөх тыаҕа көҥүл-босхо тахсан

Күүлэйдиир бырааптара быстан,

Абаран буолуо кинилэр

Айманан бөҕө кэлэллэр.

 

Арааһа, биһиги бары да

Айылҕагган маттахпытына,

Сайыҥҥы кэрэ күн ордук

Санаарҕыыбыт оҕо курдук.

 

Бу маннык кэмнэргэ ардыгар

Букатын биллибэт күн тыгар,

Ким эрэ үтүө санаата

Кэлэр көмөҕө ол аата.

 

Онуоха холобур кэриэтэ,

Оннук да дьон баарын бэлиэтээн

Кэпсээн ааһыым эһиэхэ мин

Киэн туттар биир түбэлтэбин.

 

Өҥ сайын өрөгөй чааһыгар

Үгүс сыл үүннэрбит саадыгар,

Миигин бүгүн даачатыгар

Билэр киһим ыалдьыттатар.

 

Аан дойду араас үүнээйитэ,

Арааһа, манна үүнэр этэ —

Хас хардыы аайы ыалларбын

Хайгыыртан соло буолбаппын.

 

Бу улуу ыһыллыы кэмигэр

Бу маннык олоҕу киэргэтэр

Кытаанах биир быһаарыныы

Кырдьык да хайҕаллаах быһыы.

 

Бу ыал курдук, атыттар эмиэ

Бука, ол иһигэр мин эмиэ

Үлэбитин-хамнаспытын

Өрө тутуоҕуҥ бастатан.

 

Дьиэ-уот туттан, от-мас олордон,

Дьиҥнээхтик олоҕу оҥостон

Үүнүөҕүҥ-сайдыаҕыҥ бары

Үйэбит-сааспыт тухары.

 

Муударай дьон буола сатааммыт

Муҥнаныахтааҕар араастааммыт,

Үксэтиэҕиҥ билиибитин,

Үөскэтиэҕиҥ бэйэбитин.

 

Биһиги оннук эрэ гынан

Биллиэхпит омук быһыытынан,

Ону ким да билиҥҥитэ

Оччо-бачча билиммэтэ.

 

Олоҥхолооммут, хомустааммыт

Омуктарга баран бастааммыт,

Оо, бу сахалар! — дэтэбит,

Онон, арааһа, бүтэбит.

 

Ханнык да омук биллэригэр,

Ханнык да дойду тиллэригэр

Өй-санаа үрдүгэ наада,

Күүс-күдэх көхтөөҕө наада.

 

Аныгы дьон-сэргэ олоҕо,

Атыннаах да буоллар сороҕо,

Оҥоро сатыыр хардыыта —

Урукку айан салгыыта.

 

Аныгы сиэр-майгы даҕаны

Алдьатан кыайбата барытын —

Олох сүрүн хайысхата

Олох тиэрэ хайыспата.

 

Түбэһиэх, көрүнньүк талааннар

Түүннэри баҕар айдаардыннар,

Үтүө-мааны үгэс эрэ

Өлбөт үйэлээх бу сиргэ.

 

Ол оннук даҕаны буолуохтаах,

Олох диэн салҕана туруохтаах,

Мин манна кэпсээбит ыалым

Мэктиэлиир ону барытын.

 

Кинилэр дьиэлэрин таһыгар

Кэрэ айылҕалыын алтыһар

Толору кыах баарын бүгүн

Долгуйа, үөрэ мин көрдүм.

 

Аламай күннээх аан дойду диэн

Аал уоттаах бу эн алаһа дьиэҥ,

Ол онно хаһаайын буолан,

Олор дуу, дьолунан туолан.

 

2006 сыл

Перейти к содержимому