Турар күөх харыйа тумаҥҥа,
чысхааҥҥа
Дьокуускай куоратым дьогдьойор
саалыгар.
Ол Тымныы оҕонньор уонна сиэн
кыысчаана
Оонньууну аһаллар Саҥа дьыл
баалыгар.
Эҕэрдэ, бар дьонум! Куоракка —
Саҥа дьыл!
Эн ыһыах да буоллун, эмиэ бу
манна ыл!
Тула муус оҥоһук. Тунаарар маҥан
хаар.
Болуоссат уон араас уотунан умайар.
Оҕо да, улуу да барыта манна баар.
Дьокуускай туманнаах муоралыы
долгуйар.
Дорообо, бар дьонум! Дорообо,
Саҥа дьыл!
Дууһаҕар баар буоллун туой аайы
махтал тыл!
Ыччатым үөрүүлээх ырыата-тойуга
Ырааҕы, чугаһы ыҥыран чугдаарар.
Дьиктилээх Саҥа дьыл дьэрэкээн
кустуга
Дьокуускай куоратым үрдүнэн
сандаарар.
Туругур, бар дьонум! Туругур,
Саҥа дьыл!
Туругур, мин дойдум, дьоллоох буол
Эн быйыл!