ИИТИИ

Уон аҕыһын диэки киһи

Күүстээх-уохтаах буолуохтаах,

Онно эбии өссө кини

Өйүн-төйүн тутуохтаах.

 

Арааһа, манна сыыстарар

Аныгы эдэр ыччат:

Быччыҥа эрэ быыппастар,

Быччыҥа эрэ сыччах!

 

Оттон өйө-санаата

Олох даҕаны оҕолуу.

Турбут киһи ол аата

Туга барыта — көр-оонньуу.

 

Саҥа үйэ оҕолоро

Сайдыах-үүнүөх буолаллар,

Сатаммакка сорохторо

Саарбах суолга тураллар.

 

Оту-маһы тутан көрө,

Оҕолорбут баппаттар,

Ол-бу буолар суох ээ өрө,

Ону өйдүү барбаттар.

 

Олох түһүн тутуохтаахтар

Онтон туора тураллар,

Онно сүрүн буруйдаахтар

Улахаттар буолаллар.

 

Итини дуу өйдөөн аны

Иитээччилэр элбииллэр,

Түҥ-таҥ сылдьар ыччаттары

Чөл олоххо сирдииллэр.

 

Ити дьону билигин

Иитэр, үөрэтэр эрэйдээх —

Кыраһыабай киһини

Кыратыттан иитиллиэхтээх.

Перейти к содержимому