ИЙЭ

Аҥардас тапталын уоҕунан

Ийэ арыт соҕотоҕун

Иитэлээн таһаарар уонунан

Эмдэй-сэмдэй оҕолорун.

Эһиги хомотор буолумаҥ

Ийэҕитин, оҕолорум.

 

Кини улахан оҕотунан

Көрдөрөр кыра оҕотун:

Ийэҕит дьиэнэн-хотонунан

Эргийиэр диэри олоруҥ,

Дьиэҕитин-уоккутун хомунан

Дьикти бэлэҕи оҥоруҥ.

 

Ийэ итиннэ олоҕунан,

Эдэрдэргэ холобурун,

Этиэ, мэктиэлиэ иэйэн туран

Элбэх оҕолоох ордугун,

Элбэх оҕо ийэтэ буолан

Итии тапталы булбутун.

 

Оттон бэйэтэ уутун умнан

Оҕолуур ыалдьар оҕотун,

Арыт түүҥҥү түннүккэ туран

Алгыыр ыраах баар оҕотун —

Ийэ оҕотун олоҕунан

Олорон ааһар олоҕун.

 

Кэрэ диэн кыыһынан, уолунан

Киэн тутта ийэ олордун,

Эйэҕэс мичээрин уотунан

Ийэ сир иэнин толордун!

Эһиги хомотор буолумаҥ

Ийэҕитин, оҕолорум.