ИМИИҺИТ

Эһиги кыыллары суоллуугут,

Эһэни, тайаҕы бултуугут,

Идэһэ-сүөһүнү иитэҕит,

Эмиһин түҥнэри биэрэҕит,

Тэлгэһэ аайытын тириитин

Тэнитэ сытаҥҥыт тиирэҕит.

 

Аны саас хоччоххой тириигит

Амбаарга, хоспоххо элбииһик,

Итиччэ үлүгэр тириини

Эр бэрдэ эрэ имитииһик,

Эмээхсин, оҕонньор имииһит

Итиннэ букатын эстииһик.

 

Кэпсээнэ-ипсээнэ дэлэгэй

Ким уонна хонуктуу кэлиэҕэй?

Кыһыахтаан, хатаран тириини,

Кытаатан бэлэмнээҥ имиини:

Халлаан сылыйыыта эһиэхэ

Хайаан да ол кини кэлиэҕэ.

 

Оо, эһи үөс-батаас биэрбэккэ,

Оҕонньор сынньаннын диэбэккэ —

Бэлиэтиир курдук дуу кэлиитин —

Биир илии халыҥнаах тириини

Ол киэһэ талкылаан эһэҕит,

Оҕонньоор, ыаһах гын дэһэҕит.

 

Имииһит хас да күн үлэлиир,

Икки-үс тириини түнэлиир,

Олус диэн сылайар-элэйэр,

Олох да бүппүтүн сэрэйэр,

Кини киэр гыныҥ диир кыаҕа суох,

Кэлэр да, барар да сирэ суох…

 

Оҕонньор ыала астымматын,

Оннооҕор уу-хаар астаммытын

Көрбөтөр-билбэтэр даҕаны

Көхсүнэн сэрэйэр барытын:

 

Кинини кыайбаккын диэн куруук

Ким эрэ хомуруйар курдук.

 

 

Үлэбит-хамнаспыт хайа бу

Үөтэлээн биэриэ суох курдук дуу?

Тайах, тииҥ тириитэ имиллэн

Таҥас-сап оҥостор кэм кэллэ…

Суох онно бэлэммит, кырдьаҕаас,

Суол-иис да алдьаныа мантан саас…

 

Хаар суолга хайы-сах сымнаабыт,

Хаамтаҕын аайы хаачыргаабат.

Үчүгэй да буолбут сылыйан —

Өр олор, баҕар, эн сынньанан.

Сити эрэн кун киириитигэр

Сирэй тоҥор дьыбара түһэр.

 

Оҕонньор тайаҕа тоһургуу

Ол ыалга, бу ыалга хонуктуур,

Оҕону-улууну абылыы Олоҥхолуур, остуоруйалыыр.

Оо, кини ырыата-тойуга

Ол дьоҥҥо утах уу курдуга.

 

Умнаһыт, кумалаан аймаҕа

Ол курдук ииттэрэ айаҕын,

Куруук кинилэр кэлэ-бара

Култуураны тарҕаталлара,

Ардыгар ол дьон улуулара

Аара суолга охтоохтууллара.

 

Ыал ыалтан ас-таҥас салҕанар,   

Ыар сааскы быстыаҥка саҕана,

Арааһа, күүһэ дуу эстээхтээн,

Арааһа, күнэ дуу кэлээхтээн

Оҕонньор дойдутун булбута…

Уҥуоҕун бар дьоно туппута

Перейти к содержимому