Оҕоҕо-урууга
Ол сэрии саҕана
Алдьархай биир этэ:
Аччыктыыр, тоҥор диэн
Ахсааҥҥа киирбэтэ.
Өрүү да биһиги
Үөр кыра оҕолор,
Үөрэнэн киирээтин,
Интернат оһоҕор
Иттэрбит былдьаһа.
Биирдэ мин сып-сылаас
Бэрт сиргэ түбэһэн,
Саҥардыы иттээри
Оҥостон иһэммин.
Көрбүтүм кинини…
Кубархай сирэйдээх,
Курус диэн бэйэлээх,
Обургу соҕус кыыс
Оһохтон дуол туора
Тоҥоохтуу турара.
Тоҕотун билбэтим,
Аан маҥнай киһиэхэ
Аһыныы тиллэн дуу
Мин тута киниэхэ
Биэрбитим миэстэбин.
«Үчүгэй да оҕо», —
Диэбитэ онно кыыс,
Улахан киһилии…
Оттон мин кыбыстан
Уот кыһыл буолбутум…
«Үчүгэй да оҕо!» —
Бу кэрэ тыллары
Киэн тутта, долгуйа
Билигин даҕаны
Мин өйдүү сылдьабын.