ИРИЭРИИ

Быйыл, эмискэ да ириэрдэ,

Баҕа дуу санааны батыста:

Мөҥүрээн олорбут хаар биирдэ

Уу буолан орулуу сырыста.

 

Халдьаайы уулара харылаан

Хотоолго, хонууга туоллулар,

Намыһах сирдэри таһымнаан

Үрэхтэр, өрүстэр буоллулар.

 

Күндээрэ түстүлэр сыһыылар,

Түүл курдук, бу көстүү барыта:

Хайалар, муоралар, арыылар —

Бэйэтэ аан дойду картата.