КИНИГЭ

Хоһооммун хомуйан

Кинигэ оҥордум,

Аал уоттуу умайан

Сылыта олордун.

 

Мин санаам сороҕо

Киниэхэ хаалыаҕа,

Ким эрэ солоҕо

Кэрэхсээн ааҕыаҕа.